
Ыһыах биир сиэрэ-туома
С. Петров “Ыһыахтары – тупсаран, саҥа көстүүлэри …” диэн ыстатыйатын (“Коммунизм суола” 14.03.1987 с.) сөбүлүү аахтым. Автор “национальнай культурабыт” үрдүүр диир уонна ыһыаҕы “тупсаран, сонун көстүүлээн ыытар наада” диир. Онтон ол сонуна диэн тугун быһааран: “Өбүгэлэрбит үгэстэринэн ыытар ордук буолуо”, — диир. Ыһыах тэрээһинин сценарийдаан суруйбаппын. Арай, быйыл саас Өлүөхүмэ сиригэр сылдьан истибит-билбит суолбун биири, […]